Чурапчыга эмтээх оту хото хомуйаллар

2 минуты
Чурапчыга эмтээх оту хото хомуйаллар
Сокуон хараҕынан көрөр эбит буоллахха, Саха сирин экологията эмтээх отторунан туттууну көҥүллүүр. Ыраас айылҕалаах сиргэ олоробут дэниэхпитин сөп. “Ыам ыйыттан саҕалаан, эмтээх оттору хомуйууну саҕалыыбыт”, — дэһэллэр анаан дьарыктанар отоһуттар.

Дьыл хайдах иһэриттэн кэтээн көрөн, үүнээйилэри хомуйаллара биллэр. Ол эбэтэр саас эрдэлээтэҕинэ, от-мас тыллыыта түргэтиир оттон хойуутаатаҕына кэннигэр тэбиллэр.

Ити нэдиэлэ иһинэн-таһынан буолуон сөп эбит.

Эмтээх үүнээйини хомуйуу күнүн-дьылын маннык араараллар:
Отон сэбирдэҕэ — ыам ыйын 10-15 уонна 20-22 күннэрэ.
Хатыҥ уута — ыам ыйын 16-18 күннэрэ.
Ньургуһун — ыам ыйын 23-27 күннэрэ.
Хатыҥ сэбирдэҕэ — ыам ыйын 28 күнүттэн бэс ыйын 7 күнүгэр диэри.
Үөрэ ото — бэс ыйын 8 күнүтэн от ыйын 1 күнүгэр диэри.
Хаас ото — от ыйын 2-3 күннэрэ.
Оҕонньор ото — от ыйын 7-9 күннэрэ.
Бохсурҕан — от ыйа, атырдьах ыйа.
Харыйа от — от ыйын 11 — 12 уонна атырдьах ыйын 21-25 күннэрэ.
Тимэх от — от ыйын 20 — 24 күннэрэ.
Кучу от — от ыйын 15-20 күннэрэ.

Айылҕаҕа үүнэр эмтээх үүнээйилэри ким баҕарар хомуйуон сөп эрээри, үрдүк хаачыстыбалаах эмтээх сырьену хомуйарга чопчу билии, үөрүйэх, сатабыл, хомуйар, куурдар уонна харайар быраабылалары билии ирдэниллэр.

Үүнээйини үчүгэйдик билэн эрэ баран хомуйуохтааххыт. Тиэхэньикэ үгүстүк сылдьар сириттэн, суол чугаһыттан ылыллыбат. Хомуйар сиргэ бөдөҥ үүнээйилэри сиэмэ ыһалларыгар анаан көтө-көтө ордорон хааллараллара табыгастаах. Ол тустаах үүнээйи саппааһа чөл буоларын хааччыйар эбит.

Айылҕабыт бэлэҕэ куруук дэлэй буоларыгар кыһаллыахтаахпыт. Бэлэмнэммит үүнээйини анал иһиккэ уган, бэлиэ сурук (этикетка) оҥоһуллар: аата, чааһа, күнэ, ыйа, сыла ыйыллар. Үүнээйи силиһин күһүн, ото хаппытын кэнниттэн, күрдьэҕинэн быһаҕынан хаһан ылыллар. Сииктээх кэмҥэ, ардахтаах да күн хомуйуллар. Силиһи, буорун сыыһын ыраастаан баран, сөрүүн ууга сууйуллар, таҥас үрдүнэн салгыҥҥа сараҕыта түһэн баран, чөл өттүн быһан ылыллар, буортуйбутун быраҕыллар. Ити курдук үүнээйи ситэрин, сайдарын кэтээн көрө сылдьан, кэмигэр хомуйан эмп-томп оҥоһуннаххына, быдан иҥэмтиэлээх буолар эбит.
Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй, «Саҥа олох»