«Чурапчы тыраассатыттан крокодил буллулар»

2 минуты
«Чурапчы тыраассатыттан крокодил буллулар»
диэн сонун, бу күн 2019 сыллаахха социальнай ситим бары ханаалларыгар, аҥардас сурах эрэ хоту быһыытынан тилийэ көппүтэ. Ол эрэн ким, хантан, хайдах быһыыга-майгыга булбутун туһунан, ону ааһан сиһилии хаартыскаҕа түһэрэн, биидьийэҕэ даҕаны устаннар укпатахтар эбит этэ.

Алта сыл буолан баран, биһиги “Саҥа олох” эрэдээксийэбит, бу дьикти түбэлтэ суолугар эмискэччи тахсан кэлэммит, тугу билбиппитин сырдатарга соруннубут.

Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо, суоппар идэлээх Семен Макаров оччотооҕуга “Дорожник” ХЭТ-ҕэ үлэлии сылдьан, Чурапчы-Мэҥэ Хаҥалас кыраныыссаларын сиһигэр, соҕуруу дойду ураты харамайа крокодил токуччу тоҥон сытарын булбут итиэннэ уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, суоппар уол, дьиэтигэр илдьэн оҕолоругар көрдөрөөрү бэйэтин кытары илдьэ барбыт.

“Ол кэмтэн ылата, эһэбит булууһугар бу сыллар усталарыгар хараллан сыппыта. Бэйэбит даҕаны умна быһыытыйбыппыт. Маҥнай көрүү-истии бөҕөтө буоллахпыт дии, онтон таксидермист идэлээх Александр Александровичка этэммит чуучула оҥоттороору гыммыппыт даҕаны, аккаастаммыта.

Онтон мусуой үлэһиттэрэ сибээскэ тахсаннар көрдүү сылдьыбыттара, ону бэйэбит буолумматахпыт. Билигин бу көрдөххө, үчүгэй хараллыыта суох буолан тириитэ эҥинэ буортуйа быһыытыйбыт, ол эрэн син биир мээнэ быраҕар санаабыт суох”, — диэн Семен кэргэнэ алгысчыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ Айууна диэн аатынан биллэр Ая Макарова сэһэргээтэ.

Дьэ онон бу дьиктилээхэй уу харамайа хантан (этэҥҥэ улааппыта буоллар 4-5 миэтэрэ уһуннаах, 400-500 киилэҕэ тиийэ ыйааһыннаах буолуо эбит, илин лаапчааннарыгар 5 оттон кэннигэр 4 тарбахтааҕа киһи хараҕар тутатына быраҕыллар), ханан кэлэн ааһан иһэн, кимнээх дьалаҕай быһыыларыттан суол тоҕойугар быраҕыллыбыта күн бүгүнүгэр диэри биллибэт. Ол эрэн айыы санаалаах Чурапчы дьоно буланнар, сөптөөх сиригэр харайыахтара диэн эрэнэ хаалыаҕыҥ.

Сонуннарга анаан Сэмэн Жендринскэй, “Саҥа олох”
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ