Балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Сивцев иһитиннэрбиттэринэн, маннык ньыманан эмтэммит бастакы ыарыһаҕынан өттүгүн уҥуоҕун тоһутан, Саха АССР үтүөлээх бырааһа Григорий Алексеев аатынан хирургия отделениетыгар киирбит, 81 саастаах ытык кырдьаҕас буолла. Оттон иккис эпэрээссийэ мэдэссиинэ эйгэтин бэтэрээнэ, Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо, эмиэ үлтү түһэн охтон, өттүгүн уҥуоҕа оҥоһулунна.
Хас да чаас устата уустук эпэрээссийэлэри Киин балыыһа травматолог-бырааһа Александр Максимов, хирург-травматолог, балыыһа кылаабьынай бырааһа Николай Сивцев, иккиэн кыттыһан оҥордулар.
Чурапчытааҕы Киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Николай Сергеевич эппитинэн, сыл аайы Киин балыыһа хирургияҕа отделениетыгар өттүк шейката тостуулаах үгүс киһи, сүрүннээн 60 саастарын ааспыт дьон, киирэллэр эбит. Маннык эчэйии сүрүн кыһалҕатынан кырдьар сааска уҥуохтар мөлтөхтүк силбэһиилэрэ буолар. Кэккэ эчэйии кэнниттэн үгүс дьоҥҥо араас ыарыылар көбөллөр, ол түмүгэр өр кэмҥэ суорҕан-тэллэх киһитэ буолуохтарын ону ааһан олохторун хомолтолоохтук түмүктээбит ыарыһахтар эмиэ бааллар эбит. Инньэ гынан, РФ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өйөбүлүнэн маннык уустук эпэрээссийэ көмөтүнэн ыарыһахтарга үрдүк технологиялаах көмө мантан инньэ улууска бэйэтигэр оҥоһуллар буолуоҕа.
Мугудай нэһилиэгин олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Саха АССР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайына, 45 сыл устата Мугудай орто оскуолатыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэлээбит, 81 саастаах Мария Тарасовна Толстоухова: “Бу Николай Сергеевич дьонун кытары бэйэм кэммэр бииргэ үлэлээбит киһибин, оҕом буоллаҕа, соторутааҕыта эрэ быыкаайык киһи сүүрэкэлии сылдьара, онтум билигин кэлэн дьону өрүһүйэ сылдьар, оҕом барахсан. Эпэрээссийэ этэҥҥэ ааста, оҥоһуллан бараммын нөҥүө күн сарсыардатыгар туран хаампытым. Дьиэбэр сылдьаммын охтоммун, бу аҥар атаҕым уйбан буолан хаалбыта, туора бара сылдьар этэ, бэйэтэ даҕаны дьиибэ баҕайы атах этэ (күлэр). Ону ыланнар оҥорон кэбистилэр, үчүгэй, хаамабын, билигин аны аһары ноҕоруускалаабаккабын харыстаныахпын наада. Медиктэр барахсаттар үлэ бөҕөнү үлэлииллэр, сытар усулуобуйа үчүгэйэ, киһи бэйэлэрин да көрөн туран үтүөрүөх курдук. Наһаа улаханнык махтанабын! Доруобай, дьоллоох, ситиһиилээх буоллуннар!”
Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо, 44 сыл устата медицинскэй сиэстэрэнэн үлэлээбит балыыһа үлэтин бэтэрээнэ, 79 саастаах Анастасия Гаврильевна Поисеева: “Маҥнай 2020 сыллаахха халтарыйан охтоммун уҥа өттүбүн тоһуппутум, ону Майаҕа ыытаннар эпэрээссийэлэппиттэрэ, онно эмиэ тимир олордубуттара. Онтон быйыл эмиэ дьиэм таһыгар охтоммун аны хаҥас өттүкпүн тоһуттум, ону скорай үлэһиттэрэ ушиб диэн быһаараннар нэдиэлэ буолан бараммын киирэн, снимоктанан көрдөрүммүппэр тостуу диэннэр киллэрэн нөҥүө күнүгэр эпэрээссийэлээбиттэрэ. Билигин туругум үчүгэй, ходуногунан хаамабын, быдан чэпчээтим, ыалдьыбат. Тикпит саптарын ыллылар эрэ дьиэбэр тахсыахтаахпын. Медицинскэй үлэһиттэр наһаа үчүгэйдэр, букатын травмотология курдук буолбут, мин үлэлээбит хирургиям маннык буолбатах этэ, 30-лыы киһи сытар буолара. Реанимицаия эҥин туспа отделение буоланнар урукку курдук буолбатах, быдан үчүгэй, аныгы тиэхэньикэ бөҕөтө. Оҥорбут быраастарбар Николай Сергеевичка, Илья Владимировичка улахан махталбын биллэрэбин”.
Санатан эттэххэ, хирургия отделениетыгар билигин барыта холбоон 20 киһи түүннэри-күннэри үлэлии сылдьаллар. Улуус кылаабынай бырааһа бэйэтинэн хирурдуу сылдьара үтүөкэн дьыала. Маннык үтүө түмүктэрдээх балыыһаҕа инникитин даҕаны өссө эбии, сыаналаах оборудованиелар кэлэннэр, тустаах, талааннаах үлэһиттэргэ тирэх буолан саҥаттан-саҥа эпэрээссийэлэри, дьон-сэргэ туһугар оҥоро туруохтара эбитэ буолуо.
Сэмэн Жендринскэй, "Саҥа олох"